Матвей Николаевич Турнин-
партизан, руководитель, воин.
(15.07.1903-06.04.1943)
Постановлением Правительства РС(Я)
от 8 февраля 1995 года №30
Тыарасинской СОШ присвоено имя М.Н.Турнина
Турнин Матвей Николаевич-
партизан, буойун, салайааччы.
Биирдэ штаб начальнига М.П. Редников Киллэмнэ бэйэтинэн разведка5а барбыта, онно сыты-хотуу Матвей Турнины илдьибитэ. Кинилэр тенен иьэн бандьыыттар тоьуурдарыгар тубэспиттэрэ. Икки еттуттэн ытыалаьыы буолар. Бу манна Матвей эр санаалаа5ын, кутта5аьа суо5ун кердербутэ. Кинини сыгынахха серене сылдьан биир бандьыыт сойуоласпыта. Ону билэн Турнин елбутэ буолан хамсаабакка сыппыта. Бандьыыт елердум дии санаан ендейен эрдэ5инэ, бэргэн ытыынан елербутэ.
Онтон кэлин Харыйалаах, Техтур, Павловскай, Дьаарбан, Амма кыргыьыыларыгар эрдээх сэриибитин кердербутэ. Партизан, кыьыл Армия байыаьа М. Турнин советскай былаас бе5ергуурун иьин урун баанданы утары саа-саадах тутан хорсуннук охсуспута.
Гражданскай сэрии кэнниттэн 1926 сыл алтынньыга Тыараьа нэьилиэгин советын исполкомун председателинэн быыбардаммыта. Икки сыл устата улэлээн нэьилиэккэ сир тунэтигин, бастакы колхозтары тэрийиигэ, нэьилиэги уерэхтээьиннэ биир бастын салайааччы быьыытынан биллибитэ. Ол иьин М.Н. Турнин Таатта оройуонун ситэриилээх комитетын бастакы председателинэн анаммыта.
Ол кэмнэ оройуон киинигэр сана тутуулары ыытыыга, холбоьуктааьыны кэнэтиигэ, буттуун уопсай уерэхтээьин 1 сокуонун олоххо киллэриигэ киэн тэтимнээх улэлэри ыыталаабыта. Онтон Чурапчыга оройуоннаа5ы колхознай секция5а инсрукторынан улэлии сылдьан партия кэккэтигэр киирбитэ.
1932-36 с.с.-Тыа хаьаайыстыбатын рабфагар уерэммитэ. Онтон 1936-38 с.с. Тааттатаа5ы МТС директорын солбуйааччытынан анаммыта.
1938-40 с.с. – ССКП Тааттатаа5ы райкомугар кадрга инструкторынан анаммыта.
1940 сыл – «Куедуй» колхозка председателинэн талыллан улэлиир. Бу колхоз биир бастын улэлээх хаьаайыстыба буолбута.
1941 сыл- А5а дойду сэриитэ са5аламмыта. Матвей Турнин 1942 сыллаахха немецкэй фашизмы урусхаллааьынна саа-саадах тутан суостаах сэриигэ киирсибитэ.
1944 сыл муус устар 6 кунугэр Ворошиловградка кыргыьыы хонуутугар хорсуннук охсуьа сылдьан елбутэ.